Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник
Читать онлайн книгу.ууһун дьонугар туохха да тэҥнэммэт улахан өҥөлөөх Айыы ойууна. Профессор Н.Е. Петров Саха киһитэ барыта кэриэтэ оҕо эрдэҕиттэн истибит, киэҥник тарҕаммыт Эллэй уонна Омоҕой туґунан историческай үһүйээҥҥэ Эллэй Боотур ыһыаҕы ыспыта, оһуохайы олохтообута: чороон арааһын, туос иһит эгэлгэтин оҥорон, кымыһы, аһы-үөлү дэлэйдик бэлэмнээн, Айыы итэҕэлин сиэрин-туомун тутуһан Үрүҥ Аар Тойонтон саҕалаан Үөһээ Аар Айыылары барыларын ааттаан, анаан-минээн алҕаан, арыылаах кымыһынан айах тутан, оһуохай тэрийэн, айыы тыына иҥмит илгэлээх кымыһынан дьонун-сэргэтин аһаппыта. Итиниэхэ Үрдүк Айыылар Эллэй таҥараҕа тиксэр алгыстаах улахан малааһынын, ритуальнай үҥкүүтүн бэркэ сэргээн илэ биллэн ааспыттара диэн суруйар.
Номоххо кэпсэнэринэн, Эллэйдээх бу дойдуга аҕалан испит кинигэлэрин ууга түһэрбиттэр. Улуу историктар Г.В. Ксенофонтов, Ф.Г. Сафронов, А.И. Гоголев сахалар руническай суруктаахтарын дакаастаан тураллар. Руническай сурук саха култууратыгар киэҥник тарҕамматах. Дьаархан Аартыга диэн сиргэ өбүгэлэрбит хайаҕа «Аһар улуу ытык хобу (алгыһы)» диэн сурук хаалларбыттар эбит (А.И. Кривошапкин-Айыҥа). Сахалар былыргы суруктарын туһунан Кытай архыыбыгар баар буолуон сөп диэн сабаҕалыыбыт.
Эллэй – Аар Айыы итэҕэлин сырдык уотун Саха сиригэр тэниппит умнуллубат үтүөлээх Улуу Айыы ойууна. Кини үөрэҕин салҕаабыт киһинэн Эллэй төрөппүт уола Намылҕа Силик (Сүүрүк) буолар. Кини аҕатын суолун солоон, Улуу Айыылартан үҥэн-сүгүрүйэн көрдөспүт. Улуу Туймаадаҕа уонна чугаһынааҕы сахалар олохсуйбут сирдэригэр саха олоҕо-дьаһаҕа үтүмэн үгүс үйэлэргэ сайдан, киэҥ, кэтит кэскиллэнэр кыаҕа суоҕун, муҥурун билэн улаханнык муунтуйбута уонна үөһээ Үрдүк Айыыларга тиийэн көрдөһөөрү, Халлааҥҥа илэ көппүтэ. Ол эрээри буолуохтаах дьылҕаны кыайан төлөрүттэрбэтэҕэ.
Н.Д. Васильева 2000 с. Дьокуускайга таһаартарбыт «Якутское шаманство. 1920–1930 гг.» кинигэтигэр саҥа былаас бастакы сылларыгар (1920—1930-с сс.) Саха сиригэр 380 ойуун баарын испииһэктээн киллэрбит, ол иһигэр 97-тэ Үс Бүлүүттэн эбит. Өссө сорох ойууннар киирбэтэхтэр, холобур, Тумус Мэхээлэ, Г.А. Эллээһэп-Григорьев. Бу ааттаммыт дьон ойууннааһыны утары охсуһуу күүһүрбүтүгэр Киччэҥинэн, Бүлүү өрүс бултаах-алтаах арыыларынан күрэнэн сылдьыбыттар. Онон, нэһилиэк «хараҕын» далыттан тахсаннар хабыллыбатахтар. Оччолорго Саха сирин ойууннарын биэс гыммыттан биирэ Бүлүү үс улууһугар олороллоро киһини сөхтөрөр. Ону хайдах быһаарыахха сөбүй?
Сахалар Бүлүү эбэ алын уонна орто сүнньүлэригэр олохсуйууларын саҕана Хаҥаластан кэлбит элбэх биллэр ойууннаахтара. Бастаан бу сирдэргэ көһөн кэлбит улахан бөлөх (40—80-ча киһилээх) баһылыга Туоҕа (Дуоҕа) Боотур (кэлин кинини олохтоохтор Тойон Булгудах диэн ааттаабыттар) Айыы ойуунун быһыытынан биллэр. Кинини кытта Лүксүрээни ойуун кэлсибит. Кини өлбүтүн кэннэ Миирээйик аҕа ууһун ойууна буолбут.
В.Л. Серошевскай «Якуты» кинигэтигэр олоро сылдьыбыт улахан ойууннар ааттарын (реестр шаманов) киллэрбит. Ол испииһэккэ Маһары уола Күүстээх Күчэнэк (Кылыыһыт ойуун,