Утатыы. Андрей Геласимов
Читать онлайн книгу.таҥнар сатаммат диэбитэ.
– Чэ буоллун, – ийэлэрэ сибигинэйбитэ. – Билигин Ира кэлиэҕэ, оччоҕо кини кроссовкатын кэтээр. Ол эрээри чалбаҕы тэпсимээр, тоҕо диэтэргин, сабыс-саҥалар дии.
– Оннук сүүрдэҕинэ, кини саамай кэнники кэлиэҕэ, чалбаҕы тумна сатыы сырыттаҕына, – диэн сибигинэйбитэ арыый кырата. – Кини хотторуо оччоҕо.
– Оттон мин чалбахтары үрдүнэн ойуом буоллаҕа дии.
– Оттон арай улахан баҕайы буоллуннар.
– Оттон мин күүскэ сүүрэн кэлэн ыстаныам.
– Чэ сөп, бүтүҥ, – ийэлэрэ сибигинэйэн буойбута. – Онто суох өйүм көттө.
Мин кинилэр миэхэ болҕомтолорун уурбаталлар ханнык дии саныы-саныы истэбин уонна оҕолор хайдах буолааччыларын өйбөр сыымайдыыбын. Кинилэр тугу саҥаралларын, хайдах анньыалаһалларын, аҥаар атахтарын кумуччу туттан баран ыстаҥалыылларын, бачыыҥкаларын тэлэ тэбэллэрин, болкуонтан силлииллэрин, обуойга уруһуйдуулларын, миинтэн күөх луугу баһа сатыылларын.
Ордук кинилэр эйиэннэрэ буоллаҕына.
Хара муораҕа оҕолоргун барытын илдьэ айманан тиийэҕин. Сайын, өҥүрүк куйаас күннэр турар кэмнэригэр. Биир хостоох дьиэни куортамнаа. Иккис этээс – ол иһин түүн болкуону аһаҕас хаалларартан куттанаҕын. Тэлэбиисэринэн хас чаас аайы хаайыыттан грузиннар куоппуттарын биллэрэллэр. Иккиэлэр дуу, үһүөлэр дуу. Бытыылка аҥаарын испитиҥ кэннэ – кинилэр хастарын өйдүүр ыарахан. Эбэтэр өйдүү сатаабаккын. Онуоха эбии – итии баҕайы. Көхсүҥ ибис-инчэҕэй, санааларыҥ сааһыламматтар. Ол оннугар бырдах төрүт суох. Болкуон түннүгүн нөҥүө тыҥкынаһаллар, ол эрээри хоско туох да иһиллибэт. Тоҕо диэтэххэ, оҕолор айдаараллар. Муостаҕа сытан бэйэ-бэйэлэрин анньыалаһаллар уонна кыччыгынаһаллар. Кинилэр биһигини кытта биир хоско баалларыттан астыналлар. Хайдах да кыайан утуппаппыт. Дьыбааҥҥа олоробут уонна этэбит: «Түүн икки чаас буола оҕуста». Ол эрээри кинилэргэ син биир. Биһигини истибэттэр даҕаны. Баттахтара тиритэн ибис-инчэҕэй. Бэйэ-бэйэлэрин санныларыттан харбыалаһаллар. Биһиги этэбит: «Номнуо икки чаас буолла». Үһүс күнүгэр биирдэ куукунаҕа баата суорҕаны тэлгиир өй киирэр. Тобуктара ыалдьыбатын диэн. Уонна линолеум көхсүлэригэр сыстыбат. Олоппоско, адьас төбөҥ үрдүгэр турар араадьыйанан хас түүн аайы аҥаардастыы Джо Дассен ыллыыр. Сэрэнэн туруохха наада. Тыын ылаары, кинини олоппостон таах түҥнэри анньыаххын сөп. Оччоҕо кэргэниҥ уоһун чуумпуга көрдүүргэ тиийэҕин. Дьүлэй буолан хаалбыт курдук. Уонна кулгааххар хаба хаатын саба туппут курдук, биир кэм куугун эрэ иһиллэр.
– Костя! Аһыы бардыбыт, – ыҥырбыта аҕам. —
Марина үлэтиттэн кэллэ. Истибэккин дии.
– Хайа, эһиги доҕотторгут кэлэ сылдьыбатылар дуо? – дии тоһуйбута куукунаҕа Марина.
– Суох. Кинилэр уустук быһыыга-майгыга сылдьаллар. Баҕар, сарсын да кэлиэхтэрэ суоҕа.
– Истиий, мин тоҕо эйигин кытта эһиги диэн кэпсэтэн бардым. Эйиэхэ хайата ордугуй?
– Миэхэ син биир.
– Оччоҕо эн диир буолуом. Славка хайдах кытынна «Көрдөөх стартарга»?
Кини биилкэнэн