Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева

Читать онлайн книгу.

Күннэй кистэлэҥ олоҕо - Любовь Васильева


Скачать книгу
ппута. Туох кистэлэ кэлиэй: дэгиттэр талааннах оҕону ымсыыра, ордугургуу санаан кырыы харахтаах таба көрбүтэ, куһаҕан тыллаах быһа эппитэ буолуо диэн куолулааччы да баара… Бу кинигэҕэ кэпсэнэринэн, чараас уйулгулаах, ураты айылгылаах оҕо үөһэттэн ананан кэлбитин ахсым тэтимнээх аныгы олох дьалхааныгар тэптэрэн, кэмигэр ситэ өйдөөбөккө, быһаарбакка, мүччү туппут курдукпут…

      Айдарыылаах киһи, үөһэттэн этитэн, дьонун-сэргэтин араҥаччылыыр, арчылыыр үрдүк ыйаахтаах кэлэр. Кини Айыылардыын биир утах тыыннанан, айыы-иччи үйэлээх кистэлэҥ билиилэрин иҥэринэн, көннөрү киһи көрбөтөҕүн көрөр, билбэтэҕин билэр. Кута-сүрэ айылҕаны кытта биир ситим силбэһэн, от-мас, көтөр-сүүрэр саҥатын истэр уонна өйдүүр, үөр-сүүрүк абааһылары илэ көрөр турукка киирэр.

      Бастаан утаа ураты айдарыылаахха атын тас эйгэ ыалдьыттара дьаалатынан киирэннэр, өйүн баайан булкуйаллар, саҥарыа суоҕу этитэллэр, киһи үөйбэтэҕин оҥортороллор. Былыр ону таба көрөн, кырдьаҕас ойуун уһуйдаҕына, үөрүн-сүүрүгүн сөпкө дьаһайар, санаатын хоту салайар буолар, сыыйа кинилэр аптарын-хомуһуннарын дьону эмтииргэ, алдьархайтан абырыырга туһанар.

      Ойуун – атын эйгэни кытта алтыһарга анаан уһуйуллубут идэлээх киһи (профессионал). Онон ойууннааһыны айылҕаттан тутулуктаах ураты дьоҕур эрэ диэн сыаналыыр кэмчи быһыылаах. Ойуун – дириҥ толкуйга, киэҥ билиигэ тирэҕирэр өй-санаа үрдүк таһымын баһылаабыт, бары өттүнэн дэгиттэр айар дьоҕурдаах киһи. Ол иннигэр ойуун буолар дьон идэлээх үөрэҕи ааһаллар.

      Саха төрүт итэҕэллээх норуот буолан, ойуун буолар эбэтэр ураты айдарыылаах дьон уһуйуллар олуктарын туһунан бэйэтэ ураты көрүүлэрдээх. Ону харыстаан, ханарытан «сахалыы ыалдьар» дииллэрэ.

      «Кириргиир» диэн айыллыбытынан аһаҕас эттээх, кири-кыыбаҕаны уйбат чараас дууһалаах эбэтэр улаханнык ыарытыйар киһи туохтан эрэ уолуйан, соһуйан, куттанан кута-сүрэ айманарын, ыарыыта бэргиирин ааттыыллар. Оннук дьону, ордук оҕолору «кута ыстаныа» диэн харыстаан, өлбүттээххэ, сытар ыарыһахха сырытыннарбаттар, куһаҕан сураҕы кистииллэр, кутталлааҕы кэпсээбэттэр. Туох эрэ куһаҕан сибикитин сэрэйдэҕинэ, кириргиир оҕо эмискэ этэ-сиинэ көҕөрөн, уҥан-тартаран барар.

      «Кууллаттарыы». Киһи ис күүһэ, кыаҕа, туһаҕа турбакка, сүгэһэр буолан баттааһына, бүөм санаа өйгө-санааҕа иҥэн, ааспакка-арахпакка аалыыта, туох эрэ саҥаны, эрэмньилээҕи күүтүү-манаһыы, онтон сылтаан ыар санааҕа ылларыы, эт-хаан өттүнэн буомуруу. Нууччалыы «творческий кризис» диэн өйдөбүлгэ ханыылыы. Улуу ырыаһыттар, олоҥхоһуттар, айар куттаах дьон үксүн ыалдьаллар эбит. Итинник дьон түүллэригэр Ырыа төрдө илэ-чахчы киирэн, ыллаан-туойан, алыптаах тыл иччитигэр сыһыаран, күлүүс тылы сибис гынан эбэтэр туох эрэ ураты дьикти санааны саҕан, өй уган, айар аартыктарын арыйара үһү диэн кэпсииллэр.

      Бу икки ыарыыны, дьалбыйан уонна түөн ууран, уот иччититигэр арчылатан, идэлээхтэр эрэ эмтииллэрэ.

      «Эттэтии» диэн сурукка-бичиккэ киирбитинэн «шаманская болезнь» – ойуун уһуйуллар ыарыыта. Ону ойуун-удаҕан сүтүөҕүттэн симэлийбит, былыргы үйэ көстүүтэ курдук толкуйданар эрээри, хам-хаадьаа да буоллар биллэн ааһар бадахтаах. Сэһэн быһыытынан, үксүгэр айылҕалаах дьон 12—16 саастарыгар ыалдьаллар эбит. Сэрэйдэххэ, айбыт Айыылартан, иччилэртэн ситимнээх, төрүт итэҕэли утумнуур, айылҕа дьикти дьоҕура уһуктарыгар эт-сиин ураты эрчиллиитэ, өй-санаа төрдүттэн уларыйыыта ирдэнэр. Былыр маннык ыалдьыбыт киһини ойуунунан-удаҕанынан уһуйтаран, өбүгэ төрдүн оҥортороллоро үһү. Оччоҕо айанын аартыгын арыйан, оломун оҥорон биэрдэхтэринэ, этитэр, көрүүлэнэр, аптаах-хомуһуннаах буоллаҕына, тиллэн, дүҥүр-таҥас тэринэн, ойуун-удаҕан буолар.

      Сорох эттэтэр киһиэхэ көмөлөһөр кыахтаах көстүбэтэ үһү. Оччотугар дьоҕурун кыайан арыйбакка, өйө-санаата баайыллан, ийэ кута уйбакка, ыарыыга тууйуллан, быстахха үктэтэн, бэйэтигэр да тиийиниэн сөп дииллэрэ. Улуу ойуун Орто дойдуга кэлэригэр, силигин ситэрээри, күүһүн үксэтээри, хомуһунун эбээри, хаан-уруу аймахтарыттан толук ылаллар дииллэрэ. Онуоха сөбүлэҥин биэрбэтэх быстах дьылҕаланара, Орто дойдуттан күрэнэрэ – ойууннааһын биир тыйыс сокуона.

      Билигин уһуйуу былыргы үөрэҕэ умнуллубут кэмигэр, уйулҕа үөрэҕин баһылаабыт психологтар, психиатр, невролог быраастар болҕомтолорун уурдахтарына, баҕар, үөһэттэн этитиилээх, ураты айар-тутар куттаах дьон көстүө, сайдыа, арыллыа этилэр.

      Күннэй, нууччалыы иитиилээх куорат оҕото, сахалыы ыалдьыбыта бэйэтэ ураты көстүү. Кини, ийэтэ кэпсииринэн сылыктаатахха, бастаан «кириргиир», онтон «кууллаттарыы», тиһэҕэр «эттэтии» олуктарын ааспыт. Айыылары, дойду иччилэрин кытта алтыһар аналлаах айыы ойууннара, алгысчыттара хатыламмат уус номоҕон тыллаах, нарын, кэрэ куоластаах буолаллар диэн кэпсииллэр. Онон сахалыы тыл баайын-сүмэһинин толору баһылаабыт эрэ киһи ойуун буолар аналлаах диир, арааһа, кэрэгэй быһыылаах. Ойуун – Таҥара тыыннаах тылбаасчыта – биир эрэ тылынан муҥурдаммата улуу идэлээхтэр баһылаабыт кистэлэҥ хоро тылларыгар көстөр. Күннэйгэ эмтэммит дьон ахталларынан, олоххо-дьаһахха нууччалыы эрэ тыллаах кыыс турукка киирдэҕинэ уу сахалыы саҥарар. Аны сырыы аайы куолаһа уларыйа сылдьар, бэйэтэ дьүһүн кубулуйар. Түүн хараҥаҕа эрэ эмтиир, кыырарыгар ааны, түннүгү саптарар, баар дьон киирэллэрин-тахсалларын бобор.


Скачать книгу