Күннэй кистэлэҥ олоҕо. Любовь Васильева
Читать онлайн книгу.Мира» конкурска кыттыаххыт дуо диэн ыйыппыта. Кыыһым оҕо-оҕо курдук үөрүүнэн сөбүлэспитэ. Онон, тэринэн, 2005 сыл күһүнүгэр күннээх Турция Анталья куоратыгар «Мини мисс Мира» конкурска кыттардыы айаҥҥа туруммуппут. Күннээйик онно бастаан гала-шоу иннинээҕи күн буолбут тэрээһиҥҥэ кыттааччы кыргыттар талыыларынан «Мини мисс Дружба Мира» буолбута. Киниэхэ үгүс оҕолор бэйэлэрин куоластарын биэрбиттэр этэ. Аны туран, сарсыныгар «Мини мисс Мира» үрдүк аатын сүгэн үөрүүбүт муҥура суоҕа.
Оҕом барахсан төһөлөөх элбэх араас күрэхтэргэ кыттан, кыайыы өрөгөйүн билэн, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн аастаҕа… Сылдьыбыта барыта ситиһиилээх буолара, элбэх ахсааннаах кубоктар, грамоталар, махтал суруктар ону туоһулууллар, 2005 сыл түмүгүнэн «Сибиряк года-2005», 2007 сыллаахха «Жемчужина России» үрдүк ааттары сүкпүтэ. 2008 сыллаахха Лондоҥҥа буолбут улахан конкурска Гран-при хаһаайката буолбута.
Күннэйим орто сүһүөх кылаастарга үөрэнэ сылдьан «Кустук» киинэ лааҕырыгар оҕолорго аналлаах тэттик киинэлэргэ уһуллубута.
Кэлин «Саҥа ырыа» диэн Саха национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа бырайыагар бэйэтин туспа суоллаах-иистээх ырыаһыт быһыытынан көрдөрбүтэ. Бу бырайыакка барыларыттан төһө даҕаны сааһынан кыра буоллар, сыанаҕа туох баар сыратын, кыһамньытын, дьулуурун ууран туран үлэлээбитэ. Бырайыак түмүгүнэн «Кэскиллээх ырыаһыт» номинация хаһаайката буолбута уонна «Журфикс» сурунаал анал бирииһин ылбыта.
Дьоллоох-соргулаах, кэрэ даҕаны кэмнэр ааспыттар эбит… Билигин ити үтүө күннэрбин түүлбэр эрэ көрөрбүнэн муҥурданабын…
Ыйдаҥа киэһэҕэ чуумпуну тутабын,
Кыраһа хаар кыымҥа эн суолгун көрдүүбүн,
Кырыалаах түннүгүм кырсынан устабын,
Эн күлэр күлүккүн эргиччи көрдүүбүн…
Оҕом 9 сааһыттан мэлдьи иһэ ыалдьар буолан барбыта. Ыарыйдаҕын аайы Медицина национальнай киинигэр көрдөрө илдьэбит. Ол тухары тугу да кыайан быһаарбаттар. Улам наһаа күүскэ тииһиктиир буолан испитэ. Кылааһын салайааччыта «бу оҕо үөрэниэн баҕарбат, ол иһин куруутун иһэ ыалдьыбыта буолан кубулунар» диэбиттээх. Бу санаатахпына, оҕом айылҕаттан айдарыылааҕа аан бастаан оннук биллибит эбит.
Медкииҥҥэ хас да сыл устата көрдөрө сатаабыппытын кэннэ, кыайан диагноз туруорбакка, Москваҕа баран быһаартарыІ диэбиттэрэ уонна түргэн үлүгэрдик квота булан биэрбиттэрэ. Ити 2012 сыл бэс ыйын ортото этэ.
Москваҕа Педиатрия уонна хирургия научнай-чинчийэр институтугар тиийдибит. Оҕобун 15 саастаах диэн бэйэтин эрэ ыллылар, миигин киллэрбэтилэр. Иккис күммүтүгэр Күннэйим ис уорганнарыгар компьютернай томограмма оҥоһуллуохтаах этэ. Мин ол күн балыыһаҕа баран иһэн кыыһым төлөпүөнүгэр эрийэ, суруйа сатаатым. Оҕобуттан туох да эппиэт суох. Балыыһаҕа тиийээт, балаататыгар киирбитим, арай Күннэйим ороно кураанах, бэйэтэ суох, оронун үрдүгэр футболката, шортига ууруллубут. Сүрэҕим, куһаҕаны сэрэйбиттии, өрө мөхсөн барда. Саатар, балаататын дьоно мин харахпын утары көрбөттөр,