Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник
Читать онлайн книгу.Суорунтан оҕоҕун айбыт аҕатыгар үтэйэн эрэбин, ыл, көрөн хаал», – диир. Инньэ диэн баран Сонтуорка ойуун быыстала суох дүҥүрүн лүҥсүйбүт, алгыы-алгыы кутуран дьигиһиппит. Ити курдук үс тоҥ күөс быстыҥа тохтоло суох кыыран бүтүүтүн саҕана, суор оҕото туруору дайбаан, үөһээ халлаан диэки көтөн куһуйа турбут. Мустубут дьон суор оҕотун харахтарыттан сүтэриилэрин саҕана, былаайаҕынан чарапчыланан өрө хантайан туран: «Ийэҥ ыҥырдаҕына үөһэттэн кэлээр, сүллэрдииригэр көмөлөһөөр», – дии хаалар. Сонтуорка ойуун дьиэҕэ кыырбытынан киирбит уонна аал уоту аһата-аһата, Аананы имэрийэн-томоруйан домнообут. Түмүгэр: «Миигиттэн төһө да үрдүкү буолларгын, эйигин эмтиир дьылҕалаах-ыйаахтаах эбиппин», – диэбит.
Дьэ итинтэн ыла кини атын аналлааҕа, туспа дьылҕалааҕа дьонугар-сэргэтигэр өссө биллэн, ырааҕынан-чугаһынан сурах-садьык киэҥник тарҕаммыт. Эдэр удаҕаҥҥа сүөһүтэ турбатах, оҕоҕо өлүүлээх, араас ыарыылаах, быһата, олохторо огдолуйбуттар истиһэ-истиһэ элбэхтик сылдьар, көмө көрдөһөр буолбуттар. Сүллэрдииригэр Суор уола улаханнык көмөлөһөр эбит. Ол туһунан Аана эмээхсин кырдьан олорон этэрин эдэр сылдьан истибит олохтоох кырдьаҕастар бары биирдик кэпсииллэрэ. «Ыарыһаҕы чинчийэн көрөөт, тута манан сии сылдьар эбит диэн, кыталык сототун уҥуоҕунан курдаттыы оборон ылан ириҥэлээх, хааннаах чэлкэҕи мэһэмээҥҥэ силлээн-хаахтаан кэбиһэрэ», – диэн эдэригэр Аана эмээхсиҥҥэ элбэхтэ кутуруксуттаабыт Яковлев Петр Егорович-Токоро оҕонньор кэпсиирэ. Оттон уҥуохха харан моһуогурууну олох киһилээбэтэ үһү. Хааннаах-сииннээх кырамтаны курдаттыы оборон ылан, эмиэ мэһэмээҥҥэ түһэрэрэ дииллэр. Харыы төһө улаханыттан көрөн, тугу, хайдах аһыахтааҕын үчүгэйдик быһааран биэрэр эбит.
Суор Уолун кэнниттэн Аана үстүү сылынан быысаһан иккитэ ыарахан буолар. Иккиһин ыарахан сылдьан, биирдэ күнүс эмискэ сүтэн хаалар. Хас да күн көрдөөн булбаттар. Ааналаах олохторуттан арҕаа диэки үс биэрэстэлээх сиргэ сытар Идэр күөл илин атаҕар олорор Сүөкүлэ диэн дьахтар Аана ойуурга сылдьарын көрбүт. Онно көрдөҕүнэ, Аана алыһар балык курдугу чөҥөчөк көҥдөйүгэр көхсүнэн буолан уга турар үһү. Сүөкүлэ куттанан Ааналаах дьиэлэригэр сүүрүүнэн тиийбитэ – киһитэ хотон аанынан утары тахсан кэлбит уонна: «Сүгүн да сылдьыбаккын, тоҕо батыһаҕын?» – диэн мөхпүт. Кэлин Сүөкүлэ «онтон наһаа кыбыстыбытым» диэн кэпсиирэ үһү. Бу оҕотун Аана «Алыһар кыыһым» диэн ааттыыр уонна наадыйдаҕына: «Алыһар кыыһым, кэл эрэ», – диэн ыҥырар эбит.
Үсүһүн хат буолуутугар, дьэ, киһилии оҕолонордуу ыалдьар. Олохторуттан биэс биэрэстэлээх арҕаа Муҥур күөлүгэр олорор Хойбочох Маарыйа удаҕаны ыҥыртарар. Удаҕан көмөтүнэн Аана икки хонон баран төрүүр. Арай, онно баар дьон иһиттэҕинэ, төрөтүүгэ сылдьыбыт дьахталлар: «Чыычаах эбит», – диэн ботур-итир ботугураспыттар. «Миэхэ оҕолоппот төрүөх кэлбит эбиккин. Наадыйан ааккын ааттаан ыҥырдахпына кэлэр буолаар», – диэн баран, Аана оронугар олорон икки илиитинэн үөһэ диэки даллах гыммыт. Мустан олорооччулар иһиттэхтэринэ, ортоку