Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник
Читать онлайн книгу.дьоҥҥо тиэрпиттэрэ. Үөһээ ааттаммыт чинчийээччилэр бары кэриэтэ Бүлүү Бороҕонун ытык кырдьаҕастара Осип Тимофеевич Мальцевтан, Трофим Петрович Гоголевтан истибиттэрин кэпсииллэр. Бу кырдьаҕастар Улуу Удаҕаны эдэр саастарыгар көрбүт, кэпсэппит буоланнар, биһиэхэ сыаналаах информатор буолаллар. Маны тэҥэ сыаналаах сибидиэнньэлэри хомуурунньуктартан, хаһыаттартан, сурунааллартан буллубут. Архыып матырыйаалларын туһанныбыт.
Алыһардаах Аана эмтиир дьоҕура, талаана эргиччи киэҥин туһунан элбэх үһүйээн, сэһэн, кэпсээн баар. Олортон сорохторун биирдиилээн мантан аллара киллэрэбит.
Бастакы түбэлтэ (А.И. Эверстов 1973 с. аҕатыттан Илья Иванович Эверстовтан (1888 с.т.) истибит кэпсээнэ). Аана Лүксүгүҥҥэ саҥа кийиит буолан сырыттаҕына, сүөһү ыарыыта (олохтоохтор «балыас ыарыы» диэн ааттыыллар эбит) турбут. Аана хотунугар биирдэ этэр: «Дьэ мин бу түүн харсан көрүөхтээхпин». Онуоха хотуна: «Тоҕойуом, бэйэҥ бил, сэрэн, хайа ол эн туох сэптээх-сэбиргэллээх буолуоххунуй? Хайа, дүҥүрүҥ эҥин? Күүһүҥ-уоҕуҥ?» – «Сөп, дүҥүрү биэриэхтэрэ, көстүөҕэ. Дьэ мин бу түүн кинини кытта харсан көрүөхтээхпин».
Эмээхсин оҕонньоругар дьэ кийииппит оннук буолбут, оннук эбит, инньэ диир диэбит. «Эн ойуун кыырарын эҥин абааһы көрөр буоллаххына, тахсаҥҥын туспа хоспоххо олор. Сээкэйи эҥин тэриниэх курдук саҥарар». – «Оо, хайдах баҕайыный? Кини ол баҕайыны кытта хайдах харсар баҕайытай?» – диир оҕонньоро.
Кэргэнэ Акыым Дьөгүөрэ истэн баран этэр: «Оттон кыаххын билинэн этэр инигин? Оттон инньэ гынан көр, баҕардар. Абата бэрт ээ. Оттон ол гынан баран, аны эйигин сиирэ буолуо…» – «Дьэ, оттон, хайдах буолар…»
Сарсыардаттан туран дьиэлэрин хаҥас илиилэринэн харбаан, ыраастаан-хайаан баран, дьахтар күнүс, былыргынан киэһээ түөртүүр саҕана, олоҕор олороору сөрүө тэлгэнэн эрдэҕинэ, арай тойоно киирэн кэлэр.
«Оок-сиэ, сөрүө тэлгэнэн эҥин, балыастаан сиэри олоробут дуу, бу? Хайа, сэрэниҥ эрэ!» Дьахтар саҥарбат. Эмээхсинэ этэр: «Чэ-чэ, саҥарба, бар, таҕыс». Оҕонньор тахсан барар.
Дьэ кыыран барар. Маҥнай ытыһынан кыырар. Онтон киэбин-киэлитин киллэрэригэр дүҥүрүн көрдөппүт. Дүҥүрэ уҥа өһүө баһынан кылыгыраан кэлэн түһэр, ону ытыһыгар түһэрэн ылар. Дүҥүрүн ылан, олоҕор олорон этэр: «Дьоннорум, мин сибилигин оҕус буолуоҕум. Ол оҕус буоллахпына, бу хотоҥҥо киириэҕим. Онно киирэммин мөҥүрүөҕүм, айаатыаҕым. Ону эһиги көрөөйөҕүт. Онтон таһырдьа тахсыаҕым. Онно тулутан харыһыннардаҕына, дьэ тыас-уус улахан, элбэх буолуоҕа. Тахсан көрөр аҕай буолаайаҕытый. Ким көрбүт – бэйэҕититтэн бэйэҕит хоргутуоххут. Олордугут да олоруҥ, биһиги тыаспыт-ууспут сүтүөр диэри».
Кийииттэрэ кыыран ньирилээн киирэн барар. Оһох кэннин диэки аттаан хааман иһэн арай соҕотох муостаах икки атахтаах күөх эбириэн оҕус буолан хаалар. Хотоҥҥо лиһирдэтэлээн киирэн мөҥүрүү-мөҥүрүү, айаатыы-айаатыы турар. Ону көрүмэҥ диэбит буолан көрбөттөр. Хотон иһигэр бачыгыр-кучугур гынар тыас баар. Тохтуу түһэн баран хотон түгэҕин диэки хоту муннугунан таһырдьа оҕус