Таайбараҥ. Венера Петрова
Читать онлайн книгу.хайдах эрэ соһуччу дьолун харыстыы саныыр, көҥөнөр даҕаны. Дьоллоохтору сөбүлээбэттэр. Эрдээх Айыыда Маайканы аһынарын курдук аһына сырыттын ээ. Санаатыгар астык буолуо. Эҥин бэйэлээхтэри сыҥалыы, сыыттыы сатаан баран, көннөрү үөрэтэр эрэ.
Дьоло эрэ, соро эрэ – таптал буолла да толуктаах, соһуччу өттүнэн содуллаах. Сүүрбэччэ сыл тухары кини таах сылдьыбыт үһү дуо, санаатыгар, таптаан бөҕө. Биир бииринэн солбуллан, саҥанан сотуллан иһэрэ. Бары үтүктүспүттүү туман быыһыгар сүппүттэрэ. Кинигэҕэ, киинэҕэ баар тапталы итэҕэйэр буоллахха, кини киэнэ таах суоҕунааҕар эрэ диэбит курдук буолан тахсар. Оттон бу сырыыга? Атын, сонун, соһуччу дии. Киниэнэ кэм да түргэн, аныгылыы сиэринэн омуннаах соҕус. Тугу эмиэ бытаардан, кыыс оҕолуу онон-манан эргитэн.
Айыыда өйдөөн көрбөтө да бэрт ээ. Сирэйигэр сурулла сылдьыбата буолуо дуо – тапталга таарыллан талбаарбыта. Кини биирдэ баҕас кистэлэҥнэннэҕэ дии. Онтун бэйэтэ эрэ бүөбэйдээн, иһигэр иитэн өр да өр илдьэ сылдьыа.
– Болуодьа сатаабата диэн суох. Ойоҕор олох тугу да гыннарбат этэ. Тилэҕин кытары массажтаан биэрэрэ үһү. Сорох эрэ мастыйан эрэр бэйэбин массажтаан эппэт ини, – Мира сол да Болуодьаны хайҕыы турар эбит.
Аһара үчүгэйтэн сэрэнэр куолута. Наака, кимий ол Болуодьа диэн?
Саҥа дьыл бу кэлбитэ биллэр. Мичээр минньийэр, халлаан кытары сылыйар – аптаах түгэн тугу, дьэ, тосхойор? Анна Афанасьевна дьиэтигэр чугаһаатаҕын аайы кыра-кыралаан дьүһүн кубулуйарга дылы. Хаҕа, куйаҕа суйданан, кини – көннөрү Анна, онтон Аня, сотору Аанчык дэнэрэ буолуо. Кинини ким эрэ күүтэр. Кини… Сүүрбэччэ сыллааҕы эргийбэтин эргийбэт да, син биир үчүгэй. Өссө ордук үчүгэй. Былыр кини уларсык, кыттыгас доҕор эбит буоллаҕына, билигин киниэнэ эрэ. Ити, дьиҥинэн, албыннаныы. Эр киһи диэн куруук уларсык. Сыһыан саарбах – бүгүн баар, сарсын суох. Таптал диэн субу баар түгэн. Таптыырга сарсын диэн суох. Биир түгэни эрэ мүччү тутумуохха, баарынан сөп буолуохха. Алыс элбэҕи эрэйиминэ, аптаах түгэн хос-хос дириҥэр тимириэххэ. Тирэҕэ суох, эрэлэ суох… Хас түгэн бүтэһигин курдук уохтаахтык, эмиэ да улгумнук, эмиэ да хорсуннук хаһан да умуллуо суохтуу умайыахха. Бэйиэтимсийээри гынна дии. Анна Афанасьевна дуо бу – үс этээһи билбэккэ сүүрэн тахсыбыт эдэрчи дьахтар. Түүҥҥү симиэнэ, куорат бүппэт түрүлүөнэ атын аан дойдуга хаалбыта. Истиҥ мичээр, тэтэрбит им, сэгэйбит уос киһини тупсарар да эбит.
– Аанчык?
– Мин!
Өссө биир бүтэһик түгэн дьол буолан кубулунна.
– Урут хайдах этэй диигиин? Кини тула сир эргийэр этэ.
Бэйэтигэр бэйэтэ дуу, ким дуу соҥнообут өйдөбүллэринэн кэлгиллибит Айыыда сөллөн бараары гынна. Хата, бу үчүгэй буолаарай. Маайка бэйэтин кистэлэҥин ыраах утааран, атын дьон алҕаска сэгэс гыммыт аан дойдутугар дьулуста.
Кини «тоһуппатах» кыыһа диэн суоҕун кэриэтэ этэ. Кыыс диэн, сиппит, оннуларын булбут дьахталлар ити оҕоҕо абылаппыттарын билбэккэ да хаалаллара. Туох дьикти күүһэ быыкаа уолга уйаламмытын таайа сатаан эрэйдэнэллэрэ. Дьахтар өйүн